Олонхо-олохпут ситимэ
- Подробности
- Опубликовано 10.11.2017 02:13
- Автор: Super User
Киин куорат таһыгар түөлбэлээн олорор Хатас нэһилиэгэр сахалыы тыыны киллэрэр сыаллаах-соруктаах “Олоҥхо- олохпут ситимэ” программанан Хатас общественноһа 2008 сыллаахтан үлэлиир. Бу сыллар устата программа чэрчитинэн
- Олоҥхо – иитиллэр эйгэ.
- Олоҥхо – эт-хаан сайдыыта.
- Олоҥхо – мындыр өй оскуолата.
- Олоҥхо – уһуйуу умсулҕана.
- Олоҥхо – уран оҥоһук сатабыла.
-Олоҥхону үйэтитиигэ саҥа технологияны туһаныы диэн алта сүрүн хайысхаларынан ситимнээх үлэ ыытыллан кэллэ. “Олоҥхо-уран оҥоһук сатабыла” хайысха салайааччыта “Ситим” оҕо айымньытын дьиэтин директора С.Т.Стручкова. Сылын ахсын программа үлэтин сүрүннүр ырытар, торумнуур олоҥхо конференциялара, семинардара тэриллиилэрэ үгэскэ кубулуйда. Түмсүүлээх үлэ түмүгэр программа сайдан билигин бары хайысхаларынан өбүгэ төрүт үгэстэрин тутуһар, олоҥхону үйэтитэр, олоҥхону үгэс быһыытынан толорууну ситиһэр соругу ылынан үлэлиир.
2017 сылга олоҥхо декадатын чэрчитинэн Хатаска “Арылы кустук” биир ситим холбоһук “Олоҥхо педагогиката:технология, ньымалар, үөрүйэхтэр” республикатааҕы научнай-практическай конференцияны ыыппыта. Конференция матырыйаалларынан кинигэ тахсан баай уопут тарҕанна.
Педагогическай наука кандидата Екатерина Петровна Чехордуна научнай салайааччылаах бу ситим республика араас улуустарыттан оҕо саадтарын уонна оскуола биирдиилээн үлэһиттэрин, кэллэктииптэрин түмэр. “Арылы кустук” холбоһук “Сүүрбэ биирис үйэҕэ сиэрдээх оҕону иитиигэ-сайыннарыыга олоҥхо педагогикатын оруола” бырайыагынан олоҥхо педагогикатыгар, үөрэх аныгы технологияларыгар олоҕурбут төрүт тутулу олохтуур үлэни биир ситимҥэ киллэрэн утумнаах үлэни ыытар.
Сэтинньи ый 9 күнүгэр олоҥхо педагогикатын, СЭДИП технологияны олоххо киллэрэр биир ситим “Арылы кустук” холбоһук үлэтин кыһыҥҥы торума Хатаска буолла. Ыалдьытымсах Хатас общественноһа тэрийбит култуурунай программатыгар Г.С.Николаева сэбиэдиссэйдээх Хатастааҕы оҕо саадын кэллэктиибэ “Дьырыбына Дьырылыатта” олоҥхону туруоран көрдөрдүлэр. “Ситим” оҕо айымньытын дьиэтин иһинэн үлэлиир “Олук” (уһуйааччы В.Н.Старкова) олоҥхо уһуйааныгар дьарыктанар бырааттыы Оконушкиннар ийэлэрин кытары “Эрчимэн Бэргэн” олоҥхону үгэс быһыытынан ааҕан иһитиннэрдилэр. Алта уол оҕолоох Оконукиннар дьиэ кэргэн ийэлэрэ Ольга Михайловна уолаттарынаан 6 кылаас үөрэнээчитэ Антон, 5 кылаас үөрэнээчитэ Альберт, 4 кылаас үөрэнээчитэ Артур, алта саастаах Арсен уонна 4 саастаах Аким истээччилэр болҕомтолорун тартылар, биһирэбиллэрин ыллылар.