Летняя площадка
Хатастаагы айымньы дьиэтигэр улэлиир "Уран уус" куруhуок
- Подробности
- Опубликовано 01.04.2022 01:43
- Автор: Super User
Мин эһиэхэ Хатастааҕы айымньы дьиэтигэр үлэлиир "Уран уус" диэн маһынан уһанар куруһуок туһунан кэпсиэм. Бу куруһуокка алын уонна орто кылаас үөрэнээччилэрэ үөрэх кэнниттэн кэлэн эбии дьарыктаналлар. "Уран ууска" оҕолор кыһар, хаһар, чочуйар ньымаларга үөрэнэллэр. Итини таһынан маһы таҥастыыр, чочуйар инструменнары баһылыыллар, кэрэ эйгэтигэр уһуйаллар. Оҕолор куруһуокка үөрэ көтө сылдьаллар. Кэрэ бытархай оҥоһуктар саҕалаан араас композицияларга тиийэ онорон киин куорат, өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа, аан дойду таьымнаах күрэхтэргэ, быыстапкаларга ситиһиилээхтик кытталлар. Ол курдук Аким Пахомов, Николай Бурцев уо. д. а. кыайыы өрөгөйүн билбиттэрэ.
Мин санаабар "Уран уус" куруһуок оҕоҕо кэрэҕэ уһуйулларыгар, талаана арылларыгар, инники олоҕор туһаныллар баай билиитин ыларыгар сүҥкэн суолталаах дии саныыбын.
Лаппаров Алексей Григорьевич эбии үөрэхтээһин педагога.