Летняя площадка

XX-c республикатааҕы оскуола оҕолорун "Саха КВН" оонньууларын Дьоккуускай куораттааҥҥы сүүмэрдиир түһүмэҕэ

Сэтинньи 24 күнүгэр Дьоккуускайдааҕы оҕо айымньытын дыбарыаьыгар XX-c республикатааҕы оскуола оҕолорун "Саха КВН" оонньууларын Дьоккуускай куораттааҥҥы сүүмэрдиир түһүмэҕэр биһиги айымньыбыт дьиэтин иһинэн эдэр педагог Нюргуяна Николаевна Кондратьева салайар "Ювента" куруһуок иитиллээччилэрин түмсүүлэриттэн 9 оҕо "ХатасStar" диэн команда тэринэн кыттыыны ылан кэллилэр. Уопсайа 10 команда кыттыбытыттан "Саха КВН эрэлэ" номинация хаһаайыттара буоллулар.