"Хобо чуораан" ааҕааччылар күрэхтэрэ буолан ааста
- Подробности
- Опубликовано 02.03.2020 07:05
Олунньу ый 28 күнүгэр Хатастааҕы Тускул КК "Хобо чуораан" ааҕааччылар күрэхтэрэ буолан ааста. Улуу Кыайыы 75 сылыгар уонна Иван Гоголев Кындыл 90 сылыгар анаммыт күрэххэ Дьокуускай куораттан, Пригородтан, Хатастан барыта 328 оҕо кытынна. Ол иһигэр "Ситим" айымньы дьиэтин педагога В. Н. Старкова салайар "Олук" куруһуогуттан Ваня Винокуров "Сэрии сылын оҕото" хоһоонунан, "Кырачааннар" фолькл.бөлөхтөн 16 оҕо "Тыыннаахтар умнубат сыллара", "Күлүмчээн" театр.куруһуоктан 25 оҕо "Бөрүөнү ыстыыкка кубулутан", "Чоргуй чобуолар" фольлорнай куруһуоктан 16 оҕо "Махтал эһээбэр" , "Айыы ыллыга" куруһуоктан 17 оҕо "До свидания мальчики" литературнай музыкальнай композициянан кытыннылар. Конкурс түмүгүнэн "Кырачааннар" бэйэлэрин саастарыгар 2м, "Күлүмчээннэр" алын сүһүөх кылаастарга 2м, "Айыы ыллыга" улахаттарга 3м.ыллылар. Вера Никитичнаҕа "Уус уран ааҕыыга уһуйааччы" анал аат туттарылынна.