"Олоҥхо оҕо хараҕынан" уруһуй күрэҕэ
- Подробности
- Опубликовано 18.11.2019 06:22
Олоҥхо-саха омук барҕа баайа диэн мээнэҕэ этиллибэт. Биһиги өбүгэлэрбит улуу айымньыларыгар ойуулаан хаалларбыт мындыр өйдөрүн кэнчээри ыччаттарбытыгар тириэрдэр сыаллаах биһиги айымньыбыт дьиэтин иһинэн сахалыы иискэ " Сүүтүкчээн", уус сатабылын иҥэрэр "Уран уус", "Утум" , саха фольклоругар уонна "Олук" олоҥхону ааҕыыга уһуйар программалар үлэлииллэр. Бүгүн сэтинньи ый 18 күнүгэр олоҥхо декадатын чэрчитинэн бэлэмнэнии бөлөх иитиллээччилэригэр "Олоҥхо оҕо хараҕынан" уруһуй күрэҕэ ыытылынна. Күрэх иннинэ оҕолор олоҥхо туһунан билиһиннэрии кэнниттэн С.И. Черноградскай оҕолорго аналлаах " Ойор тэбэр аттаах Оҕо Бочоох Бухатыыр" олоҥхону иһиттилэр. Ол кэннэ тугу өйдөөбүттэрин уруһуйдаатылар. Тэрийэр бөлөҕү оҕолор олоҥхо үс дойдутун бүтүннүү, орто дойду кэрэтин, саха кыыһын толору симэҕин ойуулаабыттара сөхтөрдө. Күрэх түмүгүнэн кыайыылаахтар грамотанан наҕараадаланнылар, уруһуй выставката турда.