Профилактика правонарушений
Лааҕыр иитиллээччитэ Ваня Винокуров Олонхо ыһыаҕар кыттыыны ылла
- Подробности
- Опубликовано 20.06.2019 09:16
- Автор: Super User
Олоҥхо уус-уран тыл, өҥ-дьүһүн, ырыа-музыка, театр биир кэлим түмүллүбүт искусство биир ураты көрүҥэ буоларынан, оҕо дэгиттэр сайдыытыгар улахан олугу уурара саарбаҕа суох. Дьэ итинник бигэ санааттан "Ситим" айымньы дьиэтигэр үһүс сылын "Олук" олоҥхоҕо уһуйар куруһуок үлэлиир.
В. Н. Старкова салайар куруһуогун иитиллээччилэрэ куорат, республика таһымнаах араас күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кытталлар.
"Олук" иитиллээччитэ сэттэ саастаах Ваня Винокуров сайыҥҥы кэмҥэ дьарыгын тохтотумаары лааҕырга сылдьар. Лааҕыр үгүс элбэх тэрээһиннэриттэн быыс булан олоҥхотугар дьарыктанар. Ол түмүгэр, бэс ыйын 20 күнүгэр, Ваня Намҥа олоҥхо ыһыаҕар кыттан кэллэ. Саргылаах сахабыт сирин араас улуустарыттан мустубут олоҥхоһут оҕолор күрэхтэрин кырачаан Ваня саҕалаата. Туох да толлугаһа суох дьүүллүүр сүбэ иннигэр оллоонноон олорон С. И. Черноградскай оҕолорго аналлаах "Ойор-тэбэр аттаах Оҕо Бочоох Бухатыыр" олоҥхону толордо. Ыһыах тэрээһинин биһирээн, оҕо олоҥхолуур балаҕана оҕону олоҥхо эйгэтигэр киллэрэр сахалыы тыыннаҕын астынан кэллилэр.