Сахабыт сиригэр ыһыах күнэ

Бэс ыйын 21 күнэ. Күн муҥутуур оройо. Саха дьоно айылҕа күүһүн иҥэринэн, алгыс ылар күннэрэ. Бу күн "Юниор" лааҕыр "Радуга" уонна Шашистар этэрээттэрэ хамсаныылаах алгыһы толорон иҥэриннилэр. Саха сирин историятын, ыһыах туһунан видео сэһэргээһини иһиттилэр. Онтон Хатастааҕы ПОМҥа тиийэн пожарник үлэтин  билсистилэр. Эт-хаан, өй-санаа өттүнэн күүстээх, дириҥ билиилээх киһи пожарник буоларын илэ итэҕэйэн тарҕастылар. Эбиэт кэннэ сарсын буолар өйдөбүл күнүгэр бэлэмнэнэн ырыа ыллаатылар, хоһоон аахтылар. "Суох буоллун сэрии" тиэмэҕэ уруһуйдаатылар. Ити курдук лааҕыр биир күннээх олоҕо биллибэккэ ааста.