Оҕо олоҥхо дьоруойдарын ырыаларын истэн үөрэтэр

Билигин үөрэх тэрилтэлэрэ бары тэйиччиттэн олорон оҕону үөрэтиигэ көстүлэр. Ол
эрээри Интернет ситимэ мөлтөҕө, үөрэх цифровой былаһааккалара ситэтэ-хотото
суохтара улахан мэһэйи үөскэттилэр.
«Оҕолору кытта үлэлиир уһуйааччылар оҕо барахсан чаҕыл хараҕынан көрөн, чуор
кулгааҕынан истэн ылынарын бары бэркэ билэбит. Чуолаан олоҥхо ырыатын
толорууга, тус-туһунан дьоруойдарын айылгыларын тиэрдэр гына ааҕарга үөрэтиигэ
оҕо илэ көрдөҕүнэ, иһиттэҕинэ эрэ ситиһиллэр. Билигин оҕолорбутун ыраахтан
олорон үөрэтэрбитигэр хас дьиэ ахсын куйаар ситимэ суох, оскуола сорудаҕыттан
ордон «zoom» ситимигэр тахсыбаппыт. Онон бу курдук видео оҥорон оҕолорбутугар
ватсап нөҥүө ыытан иһитиннэрэр, көрдөрөр тоҕоостоох эбит диэн санааттан бу
видеоматырыйаалы телефоммунан оҥордум. Видеоны ватсабынан ыытан көрдөрөн
баран оҕоҕо аахтарар ордук өйдөнүмтүө буолуо» — диэн кэпсиир Хатастааҕы
«Кэрэчээнэ» оҕо саадын уонна «Ситим» айымньы дьиэтин уһуйааччыта Вера Никитична
Старкова, СӨ култууратын туйгуна, үтүөлээх үлэһитэ.

 

Оҕо олоҥхо дьоруойдарын ырыаларын истэн үөрэтэр