Главная
“Самсоновскай ааҕыылар” оскуолатааҕы научнай-практическай конференция
- Подробности
- Опубликовано 20.03.2019 01:48
- Автор: Super User
“Самсоновскай ааҕыылар” оскуолатааҕы научнай-практическай конференция
“Самсоновскай ааҕыылар” оскуолатааҕы научнай-практическай конференция быйыл Хатас нэһилиэгэр 14 сылын ыытылынна.
Саха АССР уонна РСФСР үтүөлээх учуутала, “Үлэ кыһыл знамята”, “Бочуот знага” орденнар, К.Д.Ушинскай мэтээл кавалердара, РСФСР уонна САССР норуотун үөрэҕириитин туйгуна Парфений Никитич уонна САССР үтүөлээх учуутала Ленин орденын кавалера, РСФСР уонна САССР норуотун үөрэҕириитин туйгуна Надежда Евменьевна Самсоновтар 25 сыл устата Хатас нэһилиэгэр олорбут үлэлээбит кэмнэригэр биһиги нэһилиэкпит сайдыытыгар улахан оруоллаахтар. Кинилэр бэйэлэрин үлэлэринэн муҥурдаммакка нэһилиэк общественнай олоҕор көхтөөхтүк кыттыбыттарын туоһутун Хатас нэһилиэгин билиҥҥи сайдыылаах олоҕлор көрөбүт. Ол курдук кинилэр 1968 сыллаахха Хатаска алта саастаах оҕолорго оскуолаҕа киириигэ бэлэмнэнии кылааһын арыйбыттара. Бу үлэни билигин Хатастааҕы “Ситим” айымньы дьиэтэ ситиһиилээхтик толорор.
Парфений Никитич өссө 1969 сыллаахха музыкальнай оскуола баар буолуохтаах диэн туруорсубут. Ол эбэтэр кини оҕо дэгиттэр сайдыытыгар эбии үөрэхтээһин улахан суолталааҕын бэлиэтээбит. Билигин Хатас нэһилиэгэроҕо бары өттүнэн дьоҕурдаах, сайдыылаах буоларыгар эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ “Ситим” айымньы дьиэтэ:
- Художественно-эстетическай
- Научно – техническай
- Естественно-научнай
- Физкультурно-спортивнай
- Социально-педагогическай күн бүгүн биэс хайысханан, 27 программанан үлэлээн барыта 668 оҕону уһуйар.
Музыкальнай оскуола:
Фортепиано, хореография, народнай уонна духовой инструменнар, театральнай, музыкальнай, фольклор, живопись, хоровой ырыа кылаастарыгар 297 оҕону үөрэтэр,
Учуутал Самсоновтар ааттарын сүгэр орто оскуола кылааһы таһынан оҕо интэриэстэринэн 32 анал дьарыктары ыытан 845 оҕоттон 729 үөрэнээччини хабар.
“Кэрэчээнэ” оҕо саада 290 оҕотун бүүс бүтүннүү араас куруһуоктарга дьарыктыыр.
Самсоновтар сомоҕолоһон үлэлиир ыра санааларын бүтүннүү олоххо киллэрэр сахалыы тыыннаах, дэгиттэр сайдыылаах ыччаты иитиигэ туһуламмыт “Олоҥхо – олохпут ситимэ“ программаны олохтоох дьаһалта бигэргэтэн, нэһилиэк бары тэрилтэлэрэ, общественноһа тутуспутунан 2006 сылтан таһаарыылаахтык үлэлииллэр.
Учуутал Самсоновтар ааттарын сүгэр Хатас орто оскуолатыгар быйылгы “Самсоновскай ааҕыылар” научнай-практическай конференция 7 секциянан үлэлэри иһиттэ. Барыта 22 учууталлар, педагогтар уонна 65 оҕо кытыннылар.
Хатастааҕы “Ситим” айымньы дьиэтин уһуйуллааччылара ситиһиилээхтик кытыннылар. “Технология и производство” секцияҕа Ф.К.Андросова салайар “Гильоширование” кружогун иитиллээччилэрэ Денисова Юля, Эверстова Айаана “Джинсовые фантазии” дакылаатынан кыттаннар “Оригинальная идея” анал ааты, Макарова Майя “Серые стоки- экономия воды” дакылаатынан 3 миэстэни, Чемезова Милена “Панно “Эмблема Хатасского Дома детского творчества “Ситим” дакылаатынан 1 миэстэни ыллылар.
В.Н.Старкова салайар “Фоамиран” куруһуок иитиллээччилэрэ Камила Хабарова уонна Мира Федорова “Книга из фоамирана” үлэлэринэн 1 миэстэни; “Краеведение, история села и школы” секцияҕа Камила Хабарова “Талааннаах киһи эргиччи талааннаах” үлэтинэн 3 миэстэни ыллылар. Педагог Вера Никитична “Наследие Самсоновых” секцияҕа “Самсоновтар үлэлэрин ситимэ” дакылаатынан кыттан 3 миэстэнэн бэлиэтэннэ.